Итирии да, иирии да биир...
Статистика көрдөрөрүнэн, чаас аҥаара ахсын дьиэ иһинээҕи батталтан (домашнее насилие) 1 дьахтар суорума суолланар.
Дурда-хахха, эрэллээх эркин, тапталлаах кэргэн, сокуонунан эрдии ойох буолалларын туоһулуур суруга суох эр-ойох, сорох түбэлтэҕэ чугас дьоммут төптөрүтүн дьиэ иһигэр кутталы үөскэтэр, алдьархайы аҕалар дьонунан буолаллар.
Бу туһунан үгүстүк күөх экраҥҥа көрдөрөллөр, араас ыстатыйалары суруйаллар, дьиҥнээххэ олоҕурбут киинэлэри усталлар, араас рейдэлэри тэрийэллэр, көмө кииннэрин арыйаллар. Ол эрэн, дьиэ иһинээҕи терроризмы ким да тохтоппот... Бу барыта аныгы үйэ алдьархайа – күөх моҕой содула.
Улууспутугар ылан көрөр буоллахха, бу сыл бэс ыйынааҕы көрдөрүүнэн 261 арыгыһыт киһи учуокка турар, ол онтон 106 –та дьахтар. Арассыыйаҕа статистика көрдөрөрүнэн, 15 % хроническай иһээччи дьахталлар бааллар. Ыал аҕата, ийэтэ, сорох түбэлтэлэргэ ыал ыалынан суксуруһа сылдьан арыгылыыра кэлиҥҥи кэмҥэ наһаа элбээтэ. Ол төрүөтэ тугуй? Маны туох тохтотуой? Манныкка туох тиэрдэрий?
Үөһээ Бүлүүтээҕи Иван Седалищев аатынан тулаайах уонна көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго көмө оҥорор киин иһинэн үлэлиир психологтар, педагогтар, медиктэр, социальнай үлэһиттэр көмө оҥорор сулууспаларын психолога Альбина Тюкяновалыын ыалдьыттыыр:
Альбина Николаевна, урут да, билигин да арыгы иэдээнэ ылбычча, оннуттан быһаарыллыбатах тыын кыһалҕа буолар. Билигин аһыы утаҕы күннэтэ иһэр киһи олус элбээтэ. Төрөппүт оҕотуттан, дьонтон кыбыстыбакка иһэрэ үгүстээтэ. Бу төрүөтэ тугуй?
- Ылбычча эппиэттиир уустук, биричиинэтэ араас буолуон сөп. Холобур, бастатан туран, кини хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибититтэн тутулуктаах. Иһэр төрөппүттээх оҕо оннук эйгэҕэ улаатар, арыгы иһиитин буолуохтааҕын курдук ылынар, куһаҕан дьаллык курдук санаабат. Иһэр-аһыыр дьиэ кэргэҥҥэ улааппыт оҕо улахан психологическай охсууну ылар, уйулҕата кэһиллэр, өй-санаа өттүнэн кэбириир. Охсууну ылбытын бэйэтэ да билбэт, улаатан истэҕин аайы травмата эмиэ улаатар, онтон сылтаан өйө-санаата, быһыыта-майгыта алдьанар, кыра да кыһалҕаны улаатыннаран, ис дууһатын муннукка ыгар. Онтон үүтү-хайаҕаһы булуон оннугар арыгы үрдүгэр түһэр. Иккиһинэн, дьиэ кэргэҥҥэ сиэрэ суох атаахтатан, барытыгар бэлэмҥэ тараҥнаан иитиллибит оҕо ыарахаттары утары кыайан охсуспат, оҥорбут дьыалатыгар эппиэтинэһи сүкпэт. Маннык оҕо төһө да улааппытын иһин, психологическай сааһа уруккутунан хаалар. Кини иннигэр-кэннигэр ким эрэ сүүрүөхтээх, барытын оҥорон биэриэхтээх диэх курдук саныыр. Туох эмэ кыһалҕаны көрүстэҕинэ, ким да өй-тирэх буолбатаҕына - куттаан эбэтэр куотунан арыгы иһэр чэпчэки суолу батыһар. Арыгы иһэр киһи төннүү суолугар үктэнэр, төһөнөн элбэхтик иһэр, оччонон нейроннара өлөр, мэйиитэ аччыыр, тиһэҕэр алта саастаах оҕо тэҥэ мэйиилэнэр.
Аан дойду үрдүнэн элбэх дьахтар эр киһиттэн баттанан, сынньыллан олорор. Манна тугу этиэххитий?
- Бу ыйытыкка эппиэттииргэ эмиэ оҕо хайдах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибитигэр төннөбүт. Кыыс оҕо кыратыттан тапталга бигэнэн, сибэкки тэҥэ убанан улаатыахтаах, тапталга улааппыт кыыс бэйэтин таптыыр буолар. Бэйэтин убаастыыр кыыс “мин” диэн ис туруга үрдүүр, чөл, ыраас санаалаах буола улаатар. Маннык кыыс оҕо бэйэтин куһаҕаҥҥа умньаабат, чиэһин, суобаһын харыстыыр. Онтон кыыс оҕону мөҕө-этэ, солуута суох хонтуруоллуу, ирдии, кырбыы улаатыннардахха, киниэхэ “мин куһаҕаммын” диэн санаа олохсуйар. Маннык кыыс кыра сааһыттан “сиэртибэ” оруолун толорор, бу оруола кинилиин улаатар. “Сиэртибэ” оруоллаах кыыс ыал буоллаҕына кырыктаах, ол эбэтэр өй-санаа өттүнэн айгыраабыт киһиэхэ кэргэн тахсар, эбэтэр оннук киһиэхэ түбэһэр. Кыра эрдэҕиттэн дьонуттан ылбыт охсуутун кэргэниттэн ылан салгыы олох олорор, буолуохтааҕын курдук ылынар. Ол иһин атаҕастанабын да дии санаабат.
Маннык түбэлтэҕэ дьахтар хантан көмө көрдүөн сөбүй?
- Атаҕастанан олорор дьахтар дьиэ иһигэр туох буоларын кыайан таска таһаарбат, сынньыллан олороруттан саатар, кимиэхэ да кэпсээбэт, иһигэр бүгэр. Маннык түбэлтэҕэ кини кыһалҕата быһаарыллыан оннугар, дириҥээтэр дириҥээн иһэр. Атаҕастанар дьахтарга ис эйгэтигэр куттал чувствота олохсуйар, ону суох оҥорор туһуттан туһааннаах анал үлэһиттэртэн көмөнү ылыахтаах, санаатын арыйыахтаах. Куттал чувствота киһи илиитин-атаҕын, өйүн-санаатын баайар, тугу да толкуйдаппат, иннин сатаан көмүскэммэт буолар. Ол иһин маннык дьахтар энергията суох, күүһэ-сэниэтэ баранар. Холобур диэн ылан көрдөххө, сүбэ ыла кэлбит дьахталлар кутталлара бэйэлэриттэн 10 төгүл улахан буолар. Бэйэлэригэр көмөлөһөр кыахтара суох. Бу маннык түбэлтэҕэ анал үлэһит куттал чувстотын кытта үлэлиир. Кутталы кыччаттахха дьахтар дьиэтигэр буола турар быһыыны-майгыны атын хараҕынан көрөр, дьиҥ баарынан ылынар буолар, манныктан хайдах тахсар суолу тобулуон сөп.
“Сиэртибэ дьахтар” психологиятын туһунан быһааран биэриҥ эрэ.
- Киниэхэ сүрүн чувствота куттал буолар. Ол иһин наар куттана, дьиксинэ сылдьар, аккаастыыр диэни билбэт, атын дьон баҕатын толорорго дьулуһар, бэйэтигэр эрэммэт, сэнэнэр. Кини тутулуктаах сыһыаҥҥа дириҥник олорор, маннык сыһыантан тахсарга улахан үлэ наада. Бастатан туран, кини сиэртибэ буоларын өйдүөхтээх уонна билиниэхтээх. Тоҕо сиэртибэ олоруолун толороруй? Сиэртибэ оруолун толорорго кинини туох күһэйэрий? Сиэртибэ киэбиттэн аккаастаннаҕына туох күүтэрий? Бастатан туран, туох хардыыны оҥоруохтаа5ый? Бу маны барытын өй-санаа, эт-сиин өттүнэн дириҥник өйдөөн, бастакы хардыыны бэйэтэ эрэ оҥоруохтаах.
Арыгыһыт эрдээх дьахтар олорорун тухары эрэйи көрөр, кэргэнэ арыгы иһэн кэлбитин биллэҕинэ, наар куттана, кэтэнэ сылдьар буолар. Арай, айдаан тахсар түгэнигэр тугу гынар?
- Бастатан туран, утаралаһар сатаммат. Утараластахха, эбии кырыктыйар. Хайдах эмит төлө көттөрөн, биллэрбэккэ эрэ ис дьыала уорганнарыгар биллэриэхтээх. Агрессоры кытта кыахтаах эр киһи эрэ утаралаһар кыахтаах, дьахтар маннык түбэлтэҕэ син биир кыайтарыылаах хаалар. Биһиэхэ, улууспутугар хомойуох иһин, кризиснэй киин суох, онон дьахтар куотар, саһар, быстах кэмҥэ олохсуйар сирэ суох. Ол иһин, барар сирэ баҕана, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолан, арыгыһыт, иириктийбит эригэр төннөр түбэлтэлэрэ элбэх. Билиҥҥи сокуон, арыгы испит киһини биир эрэ суукка тутар, онтон көҥүлгэ таһаарар. Ол иһин, хомойуох иһин, бу дьиэ кэргэн урукку олохторугар төннөллөр... Маннык түгэҥҥэ дьахтар илиитин ыһыктыбакка, санаатын түһэрбэккэ, кытаанах санааны, быһаарыныыны ылынан, сиэртибэ олоҕуттан тахсар суолу көрдүүргэ дьулуһуохтаах. Оччоҕо эрэ кини олоҕо уларыйыан сөп. Хас биирдии оҕо, хас биирдии дьахтар атын, туора киһи кинини тарбаҕын да төбөтүнэн таарыйыа суохтааҕын бигэтик билиэхтээх. Тус бэйэ кыраныыссатын кэстэриэ суохтаах.
- Агрессор киһи диэн хайдах киһини этэбитий?
- -Манныккиһи сүрүн чувствота – тырыттыы, кыыһырыы, ыгым санаа, кырыктыйыы. Маннык киһини уопсастыбаҕа “ домашний тиран” дииллэр. Кини дьоҥҥо сутуруга урут тиийэр, тылын утаралларын сөбүлээбэт, кинини сэмэлииллэрин тулуйан-тэһийэн истибэт, ньиэрбинэй буолар. Маннык киһи чугас дьонун, кэргэнин, оҕолорун, төрөппүттэрин куттуур, ыалдьыты ахсарбат, абааһы көрөр, чугас дьонун тэйитэр. Бастаан холбоһо сылдьан, эдэр дьон бэйэ-бэйэҕэ сыһыаннара истиҥ-иһирэх буолар. Дьахтар барахсан дьолун булбут курдук сананар, хайдах киһиэхэ түбэспитин билбэт. Агрессор симптома - бастаан дьахтартан төрөппүт дьонун, онтон дьүөгэлэрин, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрин биир-биир, сыыйа-баайа тэйитэлиир. “Сиэртибэ” утарыласпатын, кыаҕа суоҕун биллэҕинэ – саба түһэр. Бу барыта кини оҕо сааһыттан бэриллибит охсуута (үөҕүү, кырбааһын, күүһүлээһин, сиэри таһынан хонтуруол, оҕолор ортолоругар түһэрии, куоталаһыннарыы, тэҥнээһин, буруйдааһын, хас да оҕоттон араастаан иитии о.д.а) олохсуйан дьайар, маннык киһиэхэ эмиэ көмө наада. Ол иһин барыта оҕо саастан саҕаланар. Оҕону таптыахха, харыстыахха наада.
Иһэр-аһыыр төрөппүттэрдээх оҕолор олохторугар олус ыарахан охсууну ылаллар, киһи харах уута суох көрбөт...
- Иирсээҥҥэ үөскээбит оҕо уйулҕатыгар улахан охсууну ылара чуолкай. 3-7 саастарыгар ылбыт охсуулара олоҕун устатыгар хаалар. Төһө да улаатан олохторо да тубустар, ханнык эмэ кэмҥэ көбөн тахсыан сөп. Ол кини олоххо миэстэтин буларыгар харгыстары үөскэтиэн сөп.
Дьахтар арыгыга түргэнник ылларар дииллэр. Биирдэ үрүүмкэни күөрэппит дьахтар иккистээн, үһүстээн, күн ахсын, устунан арыгыһыкка кубулуйбутун бэйэтэ да билбэккэ хаалыан сөп диэн этэллэр.
- Сөпкө этэллэр. Дьахтар аһыы утахха түргэнник уонна дириҥник ылларар. Дьахтар 70%-на арыгыны 18 сааһыгар диэри амсайар уонна 30-45 сааһыгар тиийэн улуу иһээччи буолан хаалыан сөп. Эр киһи үксүн хампаанньаҕа иһэр, дьахтар үксүн кэргэнин уонна дьүөгэлэрин кытта кучуйсан иһэр. Дьахтар сымнаҕас, кыра кыраадыстаах арыгыттан саҕалыыр, ол курдук, пиибэ, вино, шампанскай – ол иһин сыыйа-баайа ылларар. Эр киһи арыгыга эт-хаан өттүнэн ылларар эбит буоллаҕына, дьахтар өй-санаа өттүнэн ылларар. Арыгыга өйүн, сүрэҕин, оҕолорун, олоҕун бүтүннүү сүүйтэрэр. Ол иһин дьахтар арыгыттан арахсара, эмтэнэрэ уустук буолар.
Дьахтар иһэрэ физическэй уонна психологическэй диэн икки көрүҥҥэ арахсар диэн баар. Маны быһаарыҥ эрэ.
- Физическэй диэн – дьахтар эр киһитээҕэр быччыҥнарын маассата кыра, ол иһин түргэнник итирэр. Дьахтар киһи организма этанолу күүскэ ылынар, итиннэ кини гормональнай уратылара оруоллаах. Психологическай диэн – дьахтар организмын нейрона эр киһиттээҕэр 8 төгүл улахан. Итиэннэ дьахтар аныгы олоххо туох да хара баһаам кыһалҕаны сүгэр, бэйэтин кыаҕынан быһаарар, онтукатыттан босхолоноору, өйүн-санаатын, этин-сиинин чэпчэтээри арыгы иһэн саҕалыыр. Арыгы испит дьахтар бастаан чэпчиир, санаа баттыга өһүллэр, этэ-сиинэ чэпчиир, үөрүөх-көтүөх санаата кэлэр, эйфорияҕа киирэр. Бу бэйэни албыннаныы буоларын билбэт, сыыйа иһэрэ чаастатыйар, харах уулаах утахха ылларбытын бэйэтэ билбэккэ хаалар. Уопсастыба ханна баҕар, хаһан баҕар арыгы иһэр дьахтары сөбүлээбэт, ону кистиир сыалтан, дьиэҕэ сытан уоран иһэр үгэстэнэр. Эр киһи 6 ыйтан 12 ыйга диэри бастакы стадиялаах иһээччи буолар эбит буоллаҕына, дьахтар 3 ыйтан 6 ый кылгас кэм иһигэр улуу иһээччи кэккэтин кэҥэтиэн сөп.
Олох ыарахаттарыгар түбэспит ыал ийэлэрин реабилитационнай кииҥҥэ хайдах ыытыахха сөбүй?
- Олорор сирдэринэн социальнай харысхал тэрилтэтигэр туохтан да кыбыстыбакка биллэриэхтэрин наада. Оччоҕо ходатайство түһэрэннэр, анал кииҥҥэ ыыталлар.
Түмүккэ тугу этиэххитий?
- Олох ыарахаттарыгар түбэспит хас биирдии киһи бэйэтигэр бүкпэккэ, үүт-хайаҕас, быһаарар суолу көрдөөн, онтон тахсар көнө суолу көрдүөхтээх. Арыгы тугу да быһаарбат. Кэмигэр көмө көрдүүртэн саатар сатаммат.
Уулуссаҕа холуочук, эбиитин кырбаммыт, таҥас-сап өҥө-түүтэ көстүбэт буолуор диэри киртийбит, тырыттыбыт, арыгы быһа сиэн хараарбыт, этэ-сиинэ уолбут, олоххо муммут дьахталлары киһи дьиксинэ көрөр. Хаһан эрэ чаҕылыйа умайар харахтарын уота умуллубут – иэдээн хартыына... Туохтан маннык олоххо тиийбитин ким билиэй? Кэмигэр ким эмэ илиитин ууммута буоллар, баҕар, маннык иэдээҥҥэ тиийиэ суоҕа эбитэ буолуо. Хаһан эрэ син киһи кэриэтэ киһилии сырыттаҕа... Ким эрэ кэтэһиилээх оҕото, балта, эдьиийэ, кэргэнэ, ийэтэ, сиэнэ...
Хаһан эрэ биир саастаах киһи: “Сүлүһүннээх утах эр киһини уонна дьахтары түргэнник булуһуннарар. Онтон эрдии-ойоҕу түргэнник араартыыр” – диэбитин санаан кэллим. Кырдьыга – оннук.
Бу хаһыат баҕар бүгүн, баҕар эһиил, эбэтэр 10 да сылынан буоллун, биир эмэ кыһалҕалаах киһи илиитигэр тиксэн, ыстатыйабын ааҕан, баҕар, ол түмүгэр өйүн тутан, көнөн, бэйэ бодотун тардынан, олоҕун уларытыа диэн эрэл кыымнаах суруйуубун түмүктүүбүн.
Валентина ДОГОЮСОВА