МОБИЛЬНАЙ ТӨЛӨПҮӨНҮ ХАЙДАХ ДЕЗИНФЕКЦИЯЛЫЫБЫТЫЙ?
Мобильнай төлөпүөммүтүн бэйэбитин кытта ханна баҕарар илдьэ сылдьан,
кирдээх илиибитинэн төһөтө тутарбы-хабарбыт ааҕан сиппэппит. Сорох,
туалет курдук саамай кирдээх сиргэ, анаан төлөпүөнү илдьэ киирэн, сэлэһэрин
сөбүлүүр. Оттон төлөпүөнү сыстыганнаах ыарыыны тарҕатарга саамай
бастакынан сылдьар диэн билиниэхпитин наада. Төлөпүөнү өрүү ыраастыы,
сото сылдьар киһи биһиги ортобутугар бэрт аҕыйах буолуо.
Бу тэрилии биһиги сотору-сотору сирэйгэ сыһыарабыт, айахпытыгар,
кулгаахпытыгар инфекцияны киллэриэхпитин сөбүн умнабыт. Мобильнай
төлөпүөн, гирииби, атын вируснай инфекциялары, чуолаан коронавируснай
инфекция көбөрүгэр сабыдыаллыан сөп.
Хайдах гыныахха?
1. Гигиенаны тутус-туалекка, общественнай миэстэлэргэ уонна уулуссаҕа
сылдьыбыт кэннэ илиини кичэйэн суунуу. Илиини мыылалаан 20 сөкүүндэттэн
итэҕэһэ суох суунуохтаахпыт, ол кэнниттэн кураанах кумааҕы сотторунан сотор
ордук.
2.Сотору-сотору илиини антисептигинэн сотто сылдьыллыахтаах, ол суох
буоллаҕына, испиирдээх антибактериальнай салфетканан сотор туһалыа.
3. Төлөпүөнү антисептическай средстволарынан сото сылдьыахха, ордук
сирэй- харах тиксэр миэстэлэрин кичэйиллиэхтээх. Оттон төлөпүөн хаатын
уһулан мыылалаах уунан сууйар быдан ордук.
4. Атын сиргэ сылдьан баран, элбэх дьон мустубут сириттэн, уопсастыбаннай
тырааныспарынан туһаммыт кэннэ, киэһэ үлэттэн дьиэҕэ төннөн кэллэххэ төлөпүөнү дезинфекциялыыры күннээҕи сорук оҥостор ордук